Иһинээҕитигэр көс

AK-47

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
AK-47

AK-47
Көрүҥэ Аутомат чуор саа
Айыллыбыт сирэ Flag of the Soviet Union Soviet Union
Историята
Туттууга 1949–билигин
Оҥоруутун историята
Айааччыта Михаил Калашников
Айыллыбыта 1944–1946
Оҥорооччута ИжМаш
Ураты чымпыктара
Ыйааhына 4.3 кг кураанах маҕаhыннаах
Уhуна 870 мм олохтоох луостаах
645 мм бүлгү тутуу луостаах
Уоhун уhуна 415 мм

Ботуруона 7.62x39 мм
Action Gas-operated, rotating bolt
Rate of fire 600 rounds/min
Muzzle velocity Халыып:Convert/m/s
Effective range 100–800 sight adjustments m
Feed system 30-round detachable box magazine, also compatible with 40-round box or 75-round drum magazines from the RPK
Sights Adjustable iron sights, Халыып:Convert/mm sight radius

AK-47 (нууч. Автомат Калашникова образца 1947 года — 1947 сыллаах Калашников аутомат чуор саатын холобура) диэн 7.62x39 мм аутомат чуор саа. Сүбэ Униятыгар оҥоhуллубута, айааччыта Михаил Калашников. Икки көрүҥнээх оҥоhуллубута: олохтоох луостаах AK-47 уонна бүлгү тутуу метал луостаах AKС-47.

AK дизайнын оҥоруутун үлэтэ 1944 с. саҕаламмыта. 1946 с. чуор саа официал сэбилэниилээх күүстэр сууттарыгар көрдөрүллүбүтэ, уонна биир сылынан Кыhыл Армияҕа сулууспаҕа ылыллыбыта. Официаллык Сүбэ Униятын сэбилэниилээх күүстэригэр 1949 с. ылыммыта. Варшава Пактын кыттааччыларын улахан өттүлэрэ эмиэ ылыммыттара. AK-47 элбэх атын уотунан эстэр сэрии сэптэрин айан оҥорууларыгар олох быhыытынан туттуллубута.

AK-47 бастакы дьиҥ аутомат чуор саалар ахсааннарыгар киирсэр. Өр үйэлээҕиттэн, оҥоруутун чэпчэки сыанатыттан уонна судургу туттуллуутуттан сылтаан аан дойдуга ордук киэҥник туттуллар аутомат чуор саа буолар.

Характеристикалара

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

AK көрүҥнэрэ:

1952 AK-47
  • AK-47 1948–51, 7.62x39 мм — Эрдэтээҥҥи моделлэр, билигин олус дэҥ кэриэтэ көстөллөр.
  • AK-47 1952, 7.62x39 мм — Мас луостаах. Уоhа дьэбинтэн харыстыыр гына хромтан. Чуор саа ыйааhына 4.2 кг.
  • AKС-47БМП сэрии массыынатын сэрииhиттэрэ уонна парашуттааччылар тутталларыгар аналлаах бүлгү тутуулаах метал луостаах.
  • РПК, 7.62x39 мм — аутомат чуор саа уhун уостаах уонна тирээбиллээх көрүҥэ.
  • AKM, 7.62x39 мм — AK-47 судургутуллубут көрүҥэ.
  • AKМС, 7.62x39 мм — AKM салгын сэриилэригэр аналлаах бүлгү тутуулаах луостаах көрүҥэ.
  • AK-74 серия, 5.45x39 мм
  • AK-101 серия
  • AK-103/AK-104 серия
  • AK-107/AK-108 серия

Сүбэ Униятын/Арассыыйа таhыгар оҥоруллуута

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Сэбилэниилээх көрүҥнэрэ эрэ.

Дойду Көрүҥ(нэр)э
Албания Биллибэт. Атыттар
Tip C
Болгария AKK, AKKS
AKKMS (AKMC), AKKN-47
AK-47M1
AK-47MA1/AR-M1
AKS-47M1, AKS-47MA1
AKS-47S
AKS-47UF
AKS-93SM6
РПК, AKT-47
Бутан AK-7
Венесуэла Лицензиянан
Вьетнам Кытайдыы Тип 56
Германия Демократ Республиката MPi-K (AK-47), MPi-KS (AKС), MPi-KM (AKM), MPi-KMS-72 (AKMС), KK-MPi Mod.69
Кытай Тип 56, Тип 81
Ирак Tabuk, Tabuk (кылгас көрүҥэ)
Иран KLS (AK-47), KLF (AKС), KLT (AKMС)
Индия AK-47 уонна INSAS
Мадьаар Сирэ AK-63D/E (AMM/AMMSz), AKM-63, AMD-65, AMD-65M, AMP, NGM 5.56
Нигерия OBJ-006
Пакистан Биистэр сирдэригэр төннөр инженериянан илиинэн уонна массыынанан оҥоруу
Польша pmK/kbk AK (pmK - "pistolet maszynowy Kałasznikowa", kbk AK - "karabinek AK") (AK-47), kbkg wz. 1960, kbk AKM (AKM), kbk AKMS (AKMС), kbk wz. 1988 Tantal (7.62 мм kbk AKMS wz. 81 олохтонор), kbs wz. 1996 Beryl
Румыния PM md. 63 (AKM), PM md. 65 (AKMС), PM md. 90 (AKMС), AIM эбэтэр AIMS диэн бүтүн аатынан экспортааhын
PA md. 86 (AK-74), AIMS-74 диэн аатынан экспортанар
PM md. 90 кылгас уос (AK-104), PA md. 86 кылгас уос (AK-105) AIMR диэн аатынан экспортанар
Сербия
Урукку Югославия
M64 (AK-47 уhун уостаах), M64A (гранаатанан ытар)

M64B (M64 w/ бүлгү тутуу луостаах), M66, M70, M70A, M70B1, M70AB2, Zastava M76, M77, M92, M21

Финляндия RK 62, RK 95 TP
Хоту Кэриэйэ Тип 58A (Тип 3 AK-47), Тип 58B (бүлгү тутуу ыстаал луостаах), Тип 68A (AKM-47) Тип 68B (AKMС)
Эгипет AK-47, Misr (AKM), Maadi

Култуура эйгэтигэр

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Тымныы сэрии устата, Сүбэ Унията уонна Кытай Дьон Республиката AK-47'ни уонна кини оҥоруутун технологияларын про-коммунист дойдуларга уонна бөлөхтөргө (холобур, Никарагуа Сандинистарыгар уонна Вьеткоҥҥа) көмө быhыытынан элбэх ахсааннаахтык экспортаабыттара. Ол түмүгүнэн, AK'ны 55 ил армиялара уонна элбэх сэрии бөлөхтөрө сэбилэниилэригэр ылыммыттара. Бу сэрии саадаҕа кэлбит сирдэригэр киэҥ тарҕаныытыттан ураты, култуура өттүнэн улахан дьайыыны оҥорбута. Араас дойдулар уонна бөлөхтөр дьаралыктара уонна бэлиэлэрэ буолбута, ол ахсааннарыгар киирэллэр Мозамбик, Зимбабуэ, Илин Тимор, Буркина Фасо (өрөбөлүүссүйэ кэмигэр), Хезболла уонна Иран Ислам Өрөбөлүүссүйэтин Харабылларын Корпуhа. Сорох Африка дойдуларыгар саҥа төрөөбүт уол оҕону "Калаш" ("Калашников" диэни кылгатыы) диэн ааттыыллар.

Арҕаа дойдулар култуураларыгар, бастатан туран Америка гиэнигэр, AK-47 өстөөх күүстэрин сэрии сэптэрин быhыытынан ойууланар. Бу Кэриэйэ уонна Вьетнам сэриилэригэр коммунистар, онтон ураты Афганистаҥҥа уонна Иракка Талибан уонна Аль-Каида террорист бөлө��төрүн кыттааччылара Америка армиятын утары кыргыhыыларга AK-47'ни киэҥник туттубуттарыттан сылтаан тахсар. Ол курдук AK-47 Арҕаа дойдуларга анти-Американизм уонна стереотип өстөөх сэрии сэбэ репутациялаах. Холбоhуктаах Штаттар киинэлэригэр AK'нан бандьыыттар уонна террористар сэбилэнэллэр.

Видео оонньууларга

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

AK элбэх видео оонньууларга баар. Сүрүннээн 3D шутердарга. Сорох холобурдар:

Калашников музея

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Калашников Музея (өссө AK-47 музея диэн ааттанар) сэтинньи 4, 2004 Ижевскайга, Удмуртия Республикатыгар арыллыбыта.

Wikimedia Commons
Wikimedia Commons
AK-47 Биики Хааһахха